Кыһыл балык уххана
Аан дойдуга Норвегия сёмга ферматын айбыт дойдунан биллэр.Ити атлантическай
сёмга маҕаһыын
прилавоктарыгар сир аайы атыыланар. Ботуччу сыаналаах ас элбэх ороскуоттан
турара бигэ таайыллар. Онтон айылҕа
кыһыл балыга -дьиикэй сёмганы ылан көрөр эбит буоллахпытына, сир-дойду араас
муннуктарыгар олохтоох дьон төрүт аһылыга буолан күн бүгүнүгэр диэри
эттэрин-сииннэрин ирдэбилин хааччыйар аналлаах. Саха киһитэ тоҥ
сылгы этин, быарын, собону ахтан, тартаран сииригэр дылы, балыга суох сатаммат
буолуу бу норуоттарга баар суол. Ол курдук сыспай сиэллэҕи,
хороҕор
муостааҕы
саха ииттэн киһи-хара буолбутунуу, кыһыл балыгы балыктаан олохторун олорон
кэлбит норуоттар аан дойдуга элбэхтэр. Ылан көрөр буоллахха, холобура, Норвегия
саамнара, Канада Британскай Колумбиятын индеецтара, Австралия маорилара уо.д.а.
Араас норуот, биллэрин курдук араас семга көрүҥүнэн
аһаан, ииттинэн олорор.
Скандинавия төрүт олохтоохторо, бастатан туран Норвегия саамнара, сёмга
балыктааһынын ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик билбит дьон. Тана (Деатну) эбэ - Хотугу
Норвегия аатырбыт семгалаах өрүһэ. Норвегия уонна Финляндия кыраныыссаларын
олохтуур айылҕа
бэйэтин бэлиэтэ. Күүстээх сүүрүктээх хайа өрүһэ, кини элбэх тымыр үрэхтэрэ
спортивнай балыктааһын ухханыгар ылларбыт Европа дьонун сайын аайы
мунньаллар. Олохтоох дьон эмиэ сайын бэс ыйын сүүрбэтиттэн саҕалаан
ким удочканан, ким илиминэн балыктааһын үгэнигэр түһэр. Маныаха сыһыаран, биир
олохтоох балыксыт саам киһититтэн кылгас интервью ыларга сананным:
-
Хенри, балыктааһын Танаҕа
хаһан саҕаланарый?
-
Удочканан биэрэктэн туран балыктааһын бэс ыйын 20-титтэн от ыйын 20-тигэр дылы
салҕанар.
Балыктыыр буоллахха лицензиялааҕыҥ
уонна дезинфексия туһунан дөкүмүөннээҕиҥ
ирдэнэр.
-
Бүгүн семганы манна Норвегияҕа
удамыр сыанаҕа
маҕаһыынтан
ылан сиэххэ сөп дии. Балыктыыр да улахан наадата суох буолан тахсар оччоҕо.
-
Ити киһи хааныгар баар эбит. Мин аҕам,
эһэм, хос-хос эһэм – бары балыгынан дьарыктаммыттара. Балыктаабат буоллахха тугуҥ
эрэ тиийбэт курдук. Мин эһэм -эмиэ Хенри- аан дойду рекордун олохтоон турардаах,
саамай улахан 37 киилэлээх семганы хаптаран.
-
Дьиикэй семга өрүскэ баар буоллаҕына,
ферма семгата муораҕа
иитиллэн тахсар. Ити семга ферматын туох дии саныыгыный?
-
Ферма семгатын иитиини үчүгэй диир кыаҕым
суох. Кутталлаах да диэххэ сөп. Ити ферматтан элбэх балык ыарыыта, балык быта (лиистигэ)
тарҕанар.
Син-биир ханан эрэ төлө көтөн тахсан өрүскэ киирбит буолар. Мин бэйэм хаста да
хаптаран турардаахпын. Быһыытынан, хатырыгын өҥүнэн
атын буолар дьиикэй семгаттан.
-
Таана өрүс Европаҕа
семгатынан аатырар. Сайын турист бөҕө
манна тоҕуоруһар.
Олохтоох дьон уонна туристар балыктааһыҥҥа
тэҥ
бырааптаахтар дуу, эбэтэр араастаһыы баар буолуон сөп дуу?
-
Туристар да, олохтоох да дьон бары ирдэниллэр дөкүмүөннээх буолуохтаахтар. Ол
гынан баран туристарга үрэхтэргэ балыктааһын көҥүллэммэт.
Тана эбэҕэ
бэйэтигэр эрэ балыктыыр кыахтаахтар.
-
Хенри, интервьюҥ
иһин , улахан махтал!
Хенри Хенриксен Тана өрүскэ, 17
киилэлээх семга хаптаран.
Бу интервьюттан таһааран, кыһыл балыкка бултааһыны Тана өрүскэ хайдах
быраабыланан хааччахтыылларын туһунан эбии кэпсии түһэр оруннаах буолуо.
Холобура биһиэхэ кэлии дьон уонна олохтоох дьон диэн араарыы суоҕун
да кэриэтэ. Норвегияҕа
олохтоох эрэ дьон салаа өрүстэргэ балыктыыр кыахтаахтар. Урут Норвегия
сокуонунан кэлии дьон айан суолуттан 5 эрэ км иһинэн сытар территорияҕа
балыктыыллара көҥүллэнэр
эбит. Онтон Норвегия Европейскай экономическай зонаҕа
киириэҕиттэн
ыла, бу быраабыла тохтообут, экономическай холбоһук сокуоннарыгар олоҕуран.
Онтон ылата, кэлии дьон өрүскэ эрэ буолбакка, үрэхтэргэ, күөллэргэ бултуура көҥүллэнэр
буолбут. Билигин олохтоох былаастар 5 км быраабылатын саҥаттан
киллэрэргэ диэн ирдэбил туруораары соруналлар. Кэлии дьон, тоһоҕолоон
балык ухханыгар күүскэ ылларбыт ыаллыы финнэр диэн олохтоохтор кэпсииллэр, араас
мэҥэни
туттан балыктыыр эбит. Быраабыла быһыытынан, тыыннаах мэҥэни
(креветканы, кыра селедканы, уо.д.а) туттар бобуллар. Бу кыра балык мэҥиэ
балык бытынан (гиродактилус саларис) сутуйуон сөп эбит. Туох баар үрэх, күөл
бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээх буолан, улахан Тана эбэҕэ
киирэрэ саарбаҕа
суох. Итинник ылан көрөр буоллахха, балыктыыр тэрил дезинфекцияламмытын да
үрдүнэн, паразит ыарыыта тарҕаныан
сөп.
Эбии быраабылалары таарыйан аһарар буоллахха:
-
бириэмэтинэн хааччах баскыһыанньа киэһэ 6 чаастан, бэнидиэнньик киэһэ 6
чааска диэри семга балыктаммат. Бу бириэмэҕэ
балык инспектордара туристар тоҕуоруһар
сирдэригэр үлэлэрин күүскэ ыыталлар.
-
төптөрү ыытыы эбээһинэһэ
диэн ааттаах быраабыла 25 см-тан кыра улаханнаах семганы төптөрү ыытары
ирдиир.Маны күрүчүөккэ хаптаран бааһырбыт балык өлөр игин дии саныахха сөп эбит
эрээри, семгаҥ
сиэмэх балык буолан, кырата улахаҥҥа
ас буолуон сөп. Уонна ол кыраны хаптаран бэйэҥ
да ас оНостор кыаҕыҥ
суох.
-
бобуулаах балыктааһын ньымаларыттан:
үрэх улахан өрүскэ түһэр сиригэр 50 миэтирдээх иэҥҥэ
50 тыыттан уонна биэрэктэн туран балыктааһын бобуулаах. Тыынан балыктыан баҕалаах
дьон өрүс биэрэгэр олохтоох регистрациялаах буолуохтаахтар уонна тыы хаһаайына
буолуохтаахтар. Дьаакырдаммыт уонна мотуора улэлии турар тыыттан балыктанар
бобуллар. Аны тыыттан туран балыктыыр буоллахха, тыы хаһаайына да буолбутуҥ
үрдүнэн (олохтоох регистрацияны ааҕан
туран) , 3 эрэ удочканан хаптарар көҥуллэнэр
эбит
-
оҕолор
балыктааһыннарыгар
16 саастарын туола илик оҕолор
поплавогунан уонна бөрүөлээх күрүчүөгүнэн (норвежтыы flue-мормышка) биэрэктэн
туран балыктанар көҥүллэнэр.
-
кэлии балыксыттар
бэс ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 20-тигэр дылы балыктыахтарын сөп. Онтон
биэрэктэн туран балыктыыр буоллахтарына улахан эбэҕэ
бэйэтигэр бэс ыйын сүүрбэтиттэн от ыйын сүүрбэтигэр диэри эбит. Күҥҥэ
35 эрэ лицензияны Тана өрүс Норвегия өртүтүгэр уонна Филяндия өртүтүгэр эмиэ
итиччэ эрэ ахсааннаах лицензия атыыланыахтаах. Биэрэктэн сарсыарда 6 чаастан
киэһэ 6-ҕа
дылы эрэ көҥүллэнэр.
Бу да элбэх хааччахтааһын, быраабыла баарын үрдүнэн, айылҕа
семгатыгар Норвегияҕа
бэйэтигэр ферма семгатыттан ыарыылар, паразиттар тарҕаналларын
туһунан инники интервьюга этиллибитэ уонна атын да олохтоох балыксыттар
кэпсээннэритээн истиэххэ сөп. Дьиҥэр,
маннааҕы
олохтоох Атлантическай ферма семгата бэйэтин уутугар үөскүүр балыкка (дьиикэй
семгаҕа)
ыарыыттан уратыта, улахан куттала суох. Этэргэ дылы, биир ууга үөскээбит
“бырааттыылар” буоллахтара. Ону оннук диэҕи,
норвежскай ферма семгата аан дойдуга тарҕанан
араас үрэхтэргэ өрүстэргэ үөскүүр буолла. Холобура, Канадаҕа
уонна Австралияҕа,
уо.д.а. Британскай Колумбия (Канада) ууларыгар, төрүт олохтоох индеецтэр
Норвегия семгатын ферматын кутталлаах содулун туһунан хас да сыл тухары айдаан
тартылар. Белакула диэн Британскай Колумбия өрүһүгэр дьиикэй семга 20 көрүҥэ
баар этэ диэн 80-90с сылларга баран Канадаҕа
олохсуйа сылдбыбыт маннааҕы
дьон кэпсиир. Устан аҕалбыт
киинэлэриттээн көрдөххө, кырдьык киһи сөҕө
махтайар айылҕа
көмүс хатырыктаах баайа буолар.
http://www.youtube.com/watch?v=TOXRQ75JsNs
Бу Тихэй океан тардыылаах өрүстэр семгалара Атлантическай ферма
семгатыттан мөлтөх эбит. Искэҕин
ыан төрүөх таһаарыныаҕын
сиэн кэбиһэр эбит. Ону тэҥэ
били эппит вируспут, гиродактулуспут хаарыан балыгы бары сутуйан, сүһүрдэн
кутталы номнуо таһаарбыт. Олохтоох индеецтэр ааспыт кыһын Норвегия
правительствота Канадаҕа
тиийиитигэр бырачыастаан, миитин тэрийэн көрсүбүттэр. Модьуйууларынан ферма
балыгын иитиитин тохтоторго диэн. Айылҕаҕа
буккуһан киһи алдьархайы оҥорор
түгэннэриттэн бу биирдэстэрэ буолуон сөп. Вирус (сыстыганнаах балык анемията)
тарҕанан,
быт сутуллан балык дьудьэйбитин туһунан Александра Мортон диэн Канада биолога
чинчийии оҥорбут
киинэтиттэн көрөн билсиһиэххитин сөп. Туохтан буолбута биллибэт, семга өлбүтүн
булар буолбуттар. “Иэдээн төрүөтэ бу турар”, - диэн баран Норвежскай семга
фермаларын ыйар. Ферма нөҥүө
балык анемиятын
(ISA)
вируһа аан дойду араас муннуктарыгар тарҕаммытын
соһуйа истэҕин.
Кыһыл балык ухханын кытта харчы сырсыыта айылҕа
биэрэр күндү быйаҥыттан
матаран эрэр эбит диэн санааҕа
кэлэҕин.
Дьон отой маппатаҕын
да үрдүнэн, ферма семгатын ыарыыта аһыыр аска, балыгынан аһылыктанар кыыллар
эттэриттэн оҥоһуллубут
аска баар буолара кэлин доруобуйаҕа
хоромньулаах буолуо диэн олохтоох дьон аймалҕаннарын
биллэрэллэр. Айманаллара да өйдөнөр курдук: төрүт астан матар кимиэхэ да
аһыылаах буолуо. Саха көмүс хатырыктаах собото суох хааллаҕына,
миитин да нөҥүө аймамматар, бука, иһигэр төһөлөөх аһыытык ылыныа биллибэт.
Онтон ылыллыбыт сокуоннар кыһыл балык ухханын ханан эрэ хааччахтыыллар, ханан
эрэ харчы манчыыгын нөҥүө
хаххалыыллар.
Аллараа “Сёмга: конфиденциально” диэн Александра Мортен оҥорбут
чинчийиитин туһунан киинэ. Хомойуох иһин, киинэ авторын бырааба миэхэ суох, онон
сахалыы субтитрдары оҥорор сатаммата. Ол эрэн
киинэ сюжеттара баар быһыыны-майгыны чаҕылхайдык тылбааһа да суох өйдөнөр курдук
кэпсииллэр.
http://www.salmonconfidential.ca/
Маргарита Емельянова- Сомбю
|