Хаhан итэҕэйэллэр бу?!
“Итэҕэли ирдээбэттэр, итэҕэли
утары ууналлар эбэтэр ылыналлар».
Н Луман, социолог
«Эhиги дьонно итэҕэйиэх уонна
эрэниэх тустааххыт.
Онтуката суох киhи олоҕун ыыра
кыарыыр».
А.Чехов, суруйааччы
Гавриил Адамов
«Хаhан
итэҕэйэллэр
бу?!»
уонна «Быыбар? Быыбар!» диэн ааттаммыт
кун сирин кербут икки маннайгы сэhэннэригэр дирин, олус уустук ис хоhоонноох
биhиги дойдубут тутаах кыhалҕалара инники куеннэ тахсыбыттар.
Киhи барахсан олоҕор буоларын курдук,
дьон – сэргэ бэйэтин олоҕо, сиэрэ – майгыта, олоххо сыhыана ирдииринэн тахсан
иhэрин курдук, Г.Адамов айымньыларын персонажтарын аргыый – наллаан санардан –
толкуйдатан, анализтыыр – араналыыр ей – санаа кууhунэн серу – сепке бииртэн
биир тахсан иhэр, бутэн – оhон биэрбэт тыа сирин кыhалҕаларын тердугэр сытар
сурун боппуруос иннигэр аҕалан туруорбут.
Ити
боппуруос Саха сирин эрэ буолбакка, бутун Россия обществотын саамай сурун,
фундаментальнай, ону таhынан суhаллык быhаарылларга куhэллибит кыhалҕата буолар
диэтэхпинэ, улаханнык сыыспат буолуохтаахпын.
Айымньылар
ааттарыгар кестерун курдук, ити тыын боппуруостарынан итэҕэл уонна итэҕэлгэ
олоҕуруохтаах, итэҕэлтэн олохтонон тахсыахтаах быыбардар буолаллар.
«Итэҕэл суох буоллаҕына хайдах
сайдабыт?» диэн кеннеру сана аллайыы буолбатаҕын билинэн туран, кырдьык даҕаны
дойдубут дьонун «буулаабыт ыарыыны» – итэҕэйбэт буолууну – эппитинэн
– хааммытынан билэн, ейдуур кэммит кэллэ.
Тоҕо
диэтэххэ биhиги дойдубутугар итэҕэл диэн киhи айыллыбыт айылҕатын тутаах
ейдебулун ис хоhооно букатын уларыйан олохпут бары таhымнарыгар улахан
буортулаах охсуулаах буолла.
Итэҕэл философскай ис хоhоонноох
абстрактнай эбэтэр идеальнай, а.э. иннэ – кэннэ биллибэт, дьон – сергэ олоҕор
чопчу туттуута суох ейдебул буолбатаҕа биллэр курдук ээ.
Бадаҕа итэҕэл диэн
ейдебулу гуманитарнай наукалар бары уерэтэллэр, чинчийэллэр. Наука этэринэн
уонна киhи – аймах историята кердерерунэн, дьон – аймах бииргэ дьаhанан эйэ
дэмнээхтик олороллорун наадатыгар халбаннаабат модьуйуулар баар буолуохтаахтар.
Олортон биирдэстэрэ
итэҕэл буолар.
Кыhыл оҕо сылдьан, киhи ийэтигэр
итэҕэйэн, итэҕэйэргэ уерэнэр. Улаатан
истэҕин аайы, ийэтигэр итэҕэйэ уерэммит оҕо атын дьонно итэҕэйэр кыахтанар,
оннук кини бэйэтин олоҕун сана кестуулэрин ситимниир.
Психологияҕа
итэҕэл бу керунун базовое доверие диэн ааттыыллар.
Олох
ситимэ кэнээн тэнийэн иhэр,
бииртэн биир сана дьоннор киhи
олоҕор киирэллэр, суолталаах эбэтэр мээнэ соччо суолтата суох миэстэҕэ
тиксэллэр. Ол барыта киhи майгытыттан, иитиититтэн, сайдыытыттан тутулуктаах.
Манна базовайтан атын
личностнай итэҕэл диэн ойдебул сурун оруолу оонньуур.
Личностнай
итэҕэл киhи киhиэхэ сыhыаныгар олоҕурар.
Ону таhынан киhи киhини
улэлии – хамсыы сылдьар, общественнай олох сайдыытыгар интэриэстээх активнай
кыттааччытынан, ол аата личность быhыытынан ылынар дуу, ылыммат дуу буоларыттан
тутулуктаах. Бу киhи
олоххо кыттыыта, кини обществоҕа булуммут миэстэтэ кини талааныттан, уhулуччу
дьоҕурдарыттан, киhи уонна улэhит быhыытынан ситиспит ситиhиилэриттэн керен,
сыаналанар буолар. Ити курдук итэҕэл куруутун икки еруттээх процесс буолар.
Онон кини кеннеру психологическай эрэ буолбакка, социальнай кестуу буолар.
Дьон ортотугар сылдьан, итэҕэлгэ
олоҕуран, улаатан тахсыбыт киhи «бэйэ киhитэ» диэни билэр.
Бу
итэҕэл социальнай итэҕэл диэн буолар. Холобура,
социальнай итэҕэлтэн теруттэнэллэр «биир дойдулаахтарбыт»,
«куомуннаспыттарбыт», «биир санаалаахтарбыт» уо.д.а.
Ону таhынан бу итэҕэлинэн
сирдэтэн, киhи общество «ресурсаларынан» (Дж.Коулмен) туhанар.
Ол курдук киhи уерэхтээх
буолаары ханнык эмит университеты талар, сана тэрилтэни тэрийээри баантан баран
харчы иэс ылар, бэйэтин ирдэбиллэригэр уонна елербут харчытыгар сеп тубэhэр
товардары уонна услугалары талар.
Улэлии – хамсыы сылдьар киhи
бэйэтэ «ресурс» буолар кыахтанар эбэтэр «ресурсалары» хамнатыы кыттыылааҕа
буолар. Личностнай
уонна социальнай диэн итэҕэл керуннэрэ ыкса сибээстээхтэр, тоҕо диэтэххэ билинни
олоххо элбэх «ресурсалар» ааттаах – суоллаах репутациялаах буолаллар.
Чааhынай
эрэ буолбакка, бары социальнай институттар эмиэ репутациялаах буолаллар.
Ол
гынан баран теhенен общество сайдыылаах, соччонон социальнай итэҕэл куустээх
буолар, социальнай институттар улэлэрин таhыма, ис хоhооно бу тэрилтэлэргэ
уопсай социальнай итэҕэл баарыттан тутулуктанар.
Холобура,
социальнай эйгэҕэ итэҕэл бу керунэ судун оруолу оонньуур.
Тоҕо
диэтэххэ дьиэ – кэргэни, оҕону харыстааhын уонна иитии, уерэхтээhин, доруобуйаны
харыстааhын, саастарын сиппит улэлээбэт дьону ейееhун уонна хааччыйыы
боппуруостарын быhаарар сыhыаннар кимтэн даҕаны, хайа да бэйэлээхтэн тутулуга
суох буолуохтаахтар.
Социальнай эйгэ институттара биир кэм
улэлиир буоллахтарына, общество ыhыллыбат, мэлдьи бэйэтин санарда турар
кыахтанар. Иитии,
уерэхтээhин кууhунэн киhи – аймах бэйэтин уонна бэйэтин норуотун культурнай
сыаннастарын келуенэттэн келуенэҕэ убаастыырга уhуйар, онно олоҕуран атын
норуоттар сыаннастарын эмиэ убаастаан, тус олоҕун оносторго дьулуhарга уерэтэр.
Ити курдук итэҕэйэ
уерэммит киhи тус бэйэтин уонна общество культурнай сыаннастарын билинэн,
ылынан, олоҕун оностор, экономика уонна политика эйгэтигэр киирэр.
Ол
иhин уерэхтээhин эйгэтэ саамай сурун, саамай улахан суолталаах эйгэ буолар. Бу
эйгэ инникини мэктиэлиир, итэҕэли ис хоhооннуур, толорор.
Биллэн турар, культурнай сыаннастар
диэн сурукка тиhиллибит сокуоннар, быраабылалар эрэ буолбатахтар.
Бу
сокуоннар – быраабылалар ис хоhоонноро сиэр, майгы – сигили быраабылаларыгар
олоҕураллар. Киhи
киhиэхэ сыhыана, ону кытта киhи уонна общество, киhи уонна государство хардарыта
сыhыаннаhыылара, ону таhынан оннооҕор киhи бэйэтэ бэйэтин кытта сыhыана ханнык
даҕаны кумааҕыга суруллубаталлар даҕаны биллибэккэ – кестубэккэ ханнык баҕарар
общество олоҕун хамсааhынын быhаараллар.
Бу маны ааттыыллар
норуоттар эбэтэр нациялар биир санааланыылара диэн.
Итинник биир санааланыы
эмиэ итэҕэлгэ олоҕурар. Культура
таhымыгар итэҕэл ити курдук этика нормаларыттан тутулуктанар.
Ханнык баҕарар дойдуга
эбэтэр норуокка ийэттэн оҕоҕо, онтон учууталтан уерэнээччигэ (оскуолаҕа эрэ
буолбатах, олох бары эйгэтигэр учуутал уонна уерэнэччи сыhыана баар буолар),
келуенэттэн келуенэҕэ бэриллэн иhэр уопсай ейдебуллэр баар буолаллар. Олору
дойду эбэтэр норуот культурнай кода диэн ааттыыллар.
Ол
курдук учугэй – куhаҕан эбэтэр септеех – себе суох диэн сыаналаан, дьон – сэргэ
дойдутун эбэтэр норуотун иhинэн олох араас кестуулэрин бэйэ икки ардыгар
субэлэспэккэ эрэ биир схеманан диэххэ сеп ылынар уонна онно олоҕуран, ол
сиэринэн улэлиир – хамсыыр. Ити
курдук киhи
дьонно, олох – дьаhах оноруутугар итэҕэйэр уонна киниттэн эмиэ итэҕэйэри
кэтэhэллэрин билинэр. Ити
курдук киhи – аймах общество тэринэн, политическай, экономическай, социальнай
уонна духовнай институттары улэлэтэн, эн – мин дэhэн, себулэhэн эйэ – дэмнээхтик
дьаhанан, олорор.
Итэҕэли кэтээн, кини араас керуннэрин
биир – биир арааран уерэтэр уустук. Тоҕо
диэтэххэ ити ааттаммыттарын курдук базовай, личностнай, социальнай итэҕэллэр
уонна культураҕа итэҕэл быстыбат биир процесс буолар.
Киhи
олоҕун иитэ – саҕата базовай итэҕэлгэ олоҕурар, улаатар, чэниир, сайдар.
Онтон
кыаҕын ылан киhи дьонун – сэргэтин, дойдутун уонна норуотун туhугар, культурата
кэхтибэтин, сайда турарын туhугар олоҕу уhансар.
Кэлэр
келуенэ итэҕэллээх буоларын мэктиэлиир.
Биллэр ээ – итэҕэл баар буоллаҕына
бэрээдэк баар буолар. Итэҕэл
халбаннаатаҕына, туох барыта халбанныыр диэн.
Биллэр
ээ – бэйэҕэр бэйэн итэҕэйбэт буоллаххына, ким даҕаны эйиэхэ итэҕэйиэ суоҕа диэн.
Кестен
кэлэр – социальнай итэҕэл суох буоллаҕына, социальнай институттар
улэлэрэ халбархай буолар. Кестен
кэлэр – бутун государство бэйэтигэр саарбахтыыр буоллаҕына, ким даҕаны киниэхэ
итэҕэйбэт буолар диэн. Ким
даҕаны кимиэхэ даҕаны итэҕэйбэт буолар ыарыыта уескуур.
Итинник
балаhыанньа киhи айыллыбыт айылҕатыгар сеп тубэспэт, киhини эрэйдиир, муннуур.
Сатаан
итэҕэйбэт киhи эрэйдэнэр, итэҕэли ылбатах муннанар.
Итини
ааттаатахтара буолуо «тоска по доверию» диэн.
Ханна хаhан биhиги итэҕэли мулчу
туппуппутуй, итэҕэйбэт буолуу ыарыытын уескэппиппитий? Олохпут ханнык эйгэлэрин
ситимин сутэрбиппитий, ону хайдах гынан челугэр туhэрэбит?
Суурбэттэн тахса сыл буолла дойдубут
эрэйдээх демократическай сайдыы суолугар уктэммитэ. Ол тухары биир быhаарыныы
суоҕун курдук суох. Демократияны тутар ааттаахпыт даҕаны, дойдубут дьонун анаара
(улахан анаара буолбатах буоллаҕына) демократия диэни уеҕуу тылын курдук
ылыналлар. Демократические, либеральные ценности диэни иhиттэхтэринэ, кыйаханан,
кыыhырбытынан бараллар. Кыйахаммат
етте аанньа ахтыбат, ымах гынар. Ити
кестууну дьининэн социологтар син судургутук быhаараллар.
Ол
курдук П.Штомпка диэн польскай социолог Польшаҕа уонна Илинни Европа атын
дойдуларыгар XX
уйэ 90с.с. буолбут улахан социальнай уларыйыыларын уерэтэн баран, «травма
трансформации» диэн ейдебулу киллэрэр. Атыннык
ааттаатахха «культурнай», «социальнай» травма обществоҕа итэҕэйбэт буолууну
теруттуур диэн. Кырдьык
билигин даҕаны оччолорго хайдахтаах курдук ыhыллыы
– тоҕуллуу буола сылдьыбытын аhара учугэйдик ейдуубут, дьиксинэбит.
Ону
ейдуеххэ сеп – эмискэ туох даҕаны бэлэмэ суох олох – дьаhах тутула тосту
уларыйбыта. Буруйдаахтарынан
онно демократтар ааттаммыттара. Ким
даҕаны уп – харчы суох буолбутугар кестубут советскай общество сирэйин – хараҕын
уерэтэн, наллаан кербетеҕе. Билигин
итинник тугэн уескээтэҕинэ хайдах быhыыланыа эбиппит буолла?
Оччолорго
даҕаны, билигин даҕаны государствоттан тутулуктанар кууспут сурдээх улахан
курдук кестер. Ол гынан баран тэннээн керуеҕун билигин. Холобура, Польша,
Чехия курдук дойдулар уонна Россия сайдар суолларын.
Ону
таhынан керуеҕун учугэйдик ейдеен: демократическай процедуралар – быыбардар,
бэйэни бэйэ дьаhаныы, аhаҕастык биир трибунаҕа олорон кэпсэтии – дойдубутугар
теhе элбээн чинээн иhэллэрий? Демократияны
уеҕэр буоллахпытына, билигин уеруех тустаахпыт дуу?
Ол
иhин мин санаабар, манна сытар ыарыыбыт сурун теруетэ.
Суурбэттэн тахса сыл тухары
«травмаланан» сытабыт диэтэххэ киhи да кыбыстыах. Уйэлэр тухары эмтэммэт елер
ыарыыбыт буулаабыт диэтэххэ ыарахана бэрт.
Ким буруйдааҕын кердуур
буоллахха, бэйэбититтэн саҕалыаҕын.
Демократическай государстволар сурун
сыаннастарынан киhи уонна норуот бырааптара буолаллар.
Ол
курдук киhи барыта уонна омук барыта биир тэн бырааптаахтар, айылҕаттан
айыллыбыт бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаhанар бырааптаахтар.
Ити
балаhыанньалары итэҕэйбэт буоллахха демократическай общество уонна государство
улэтигэр кыттыhар, ону хонтуруоллуур кыах суох буолар.
Дьэ
итинник демократияҕа теhе итэҕэйэбитий биhиги?
Толкуйдаан
кердеххе культура таhымыгар урукку итэҕэйэ уерэммит бэрээдэкпит бэйэбит
кыахпытыгар итэҕэйэрбитигэр куускэ мэhэйдиир курдук. Г.Адамов бэргэнник
бэлиэтээбит тугэннэрэ – бэйэни сэнэнии, тойоттор сирэйдэрин – харахтарын
манааhын, наар атын дьону буруйдааhын, кэтэhии – манаhыы, кыйаханыы – ону
туоhулууллар. Ол
иhин билигин урукку культурнай сыаннастары сиhилии уерэтэн, тоҕо билигин кинилэр
мэhэй буолалларын ейдуур наада уонна иитии, уерээхтээhин кыhатын кууhунэн эдэр
оҕолорго ону септеехтук быhааран, сана сыаннастары анализтаан, олоххо кинилэри
сатаан туттарга уерэтии туhунан кэпсэтии барыахтаах курдук.
Эппиппит курдук ханнык баҕарар
общество, дойду тердугэр итэҕэл баар буолар.
Ханнык
баҕарар политическай система туохха эрэ итэҕэйэр буолан, араас сыаннастарга
олоҕурар.
Ханнык баҕарар политическай
системаны салайыахха, улэлэтиэххэ наада. Салайар
ньымалар, быhыылар политический режим диэни теретеллер.
Бу
политическай режим эмиэ дьон – сэргэ итэҕэйэр, ылынар ньымаларыгар,
бэрээдэктэригэр олоҕурар уонна онтон тутулуктанар.
Биhиги дойдубут Конституциятыгар
сурулла сылдьарын курдук, демократическай государство буолар.
Онон
маннай демократия тердугэр туох – ханнык итэҕэл сытарын керуеҕун.
Киhиэхэ, кини айылҕатыгар итэҕэйии,
онтон сиэттэрэн киhи личноhыгар
итэҕэйии – демократическай система терут балаhыанньалара.
Толкуйдаан
кердеххе кырдьык оннук – киhи хаhан
баҕарар ханна баҕарар туох учугэйин куhаҕанын бэйэтэ быhаарар.
Киhи
айыллыбыт айылҕата оннук. Киhи бэйэтин баҕатынан бэйэтин утэйэн, бэйэтэ талан
ылбыт баҕатын толороору олоҕу олорор, улэлиир – хамсыыр. Оннук буолбатаҕа
эбитэ буоллар демократия диэн суох буолуо этэ.
Атыннык
эттэххэ общество эбэтэр государство быhаарбытынан, уеhэттэн этиллибитинэн,
маннык буолуохтаах диэнинэн, анардастыы онон сирдэнэн киhи – аймах олоруон сеп,
олорор даҕаны, ол гынан баран ер оннук олорбот, тоҕо диэтэххэ сайдар кыаҕа суох
буолар. Ол
иhин демократия киниэхэ талар кыах биэрэр, бэйэтин бэйэтэ дьаhанарыгар
усулуобуйа тэрийэр уонна ону модьуйар. Ол
иhин киhи бэйэтигэр, демократия сыаннастарыгар, ол аата бэйэтэ талар быраабыгар
уонна кыаҕыгар итэҕэйбэт, онно дьулуспат буоллаҕына, демократия диэн суох
буолар. Демократическай
государство сурун тутааччытынан общество уонна государство улэтин активнай
кыттыылааҕа, бэйэтигэр эрэллээх киhи, чуолкайдык эттэххэ личность буолар.
Бу
личность эмиэ бэйэтин курдук атын дьону кытта кэпсэтэн, эрийсэн – буруйсан,
кинилэргэ итэҕэйэн, бэйэтигэр итэҕэтэн элбэхтэн биири талар. Онон киhи киhиэхэ
итэҕэйэрэ эмиэ демократия сурун ирдэбилэ буолар. Оччоҕо эппиэтинэс баар буолар,
оччоҕуна талар, бэйэни бэйэ дьаhанар баҕа баар буолар.
Оччоҕо гражданскай
общество тэриллэн, бутун общество уонна государство улэтин уhансар,
хонтуруоллуур буолар. Бары
демократическай институттар, процедуралар тэрээhиннэрэ итинник сурун
балаhыанньаларга олоҕуруохтаахтар. Биллэн
туран, демократическай диэн аптаах тыл буолбатах.
Демократическай
диэн ааттанна даҕаны, туох барыта эмискэ демократическай буола охсубат.
Сир
сир аайы культурнай, историческай, социальнай, экономическай усулуобуйалар атын
буоланнар, сир сир аайы итэҕэйэр культурнай кодтар (культурнай сыаннастар),
эбэтэр идеаллар диэххэ, атын буоланнар, сир сир аайы демократия сайдыыта эмиэ
арахсар, туспа буолар.
Манна улахан оруолу политическай
режим оонньуур.
Дьэ, онон аны маннык демократия
сыаннастарын олоххо киллэрээри куhэллибит, дойдубутугар олохсуйбут политическай
режимы ылан керуеҕун. Элбэх
тыл наадата суох – туох баар государственнай салайар ньымалар, быhыылар быыбары
быыбар онорботтор, ол аата киhи талан ылар кенулун тэпсэллэр; бэйэни бэйэ
дьаhанар быраабы биэрбэттэр, теhе кыалларынан ону хааччахтыыллар; политика
боппуруостарынан дьарыктаныан баҕарбыт общественнай гражданскай тэрилтэлэр
улэлэрин биhирээбэттэр, таннарытын боболлор; дьон ейе – санаата сайдыытын,
бэйэни бас билиниини кеҕулээбэттэр, оннооҕор буолуох таннары тардаллар.
Туохха
бу маннык политическай режим олоҕурарый, тоҕо оннук буоларый?
Туохха
олоҕуран бу режим бачча айылаах дойдутун дьонун уонна норуоттарын итэҕэйбэт,
кинилэри сэниир, атаҕастыыр?
Эчи, кырдьык даҕаны, учугэйиэн билбит
киhи, ханна саhан сытара буолла бэйэбитин бэйэбит дьаhанар кыахпыт!
Демократия киhи киhиэхэ сыhыаныгар
олоҕуруохтаах буоллаҕына, биhиги дойдубутугар общественнай сыhыаннарга киhи
оруола олох суох, ол оннугар барыны барытын государство сыhыана быhаарар. Тоҕо?
Уруккаттан
баччаанна дылы биhиэхэ киhи киhини киhинэн аахпата баар. Киhи киhиэхэ итэҕэйбэт.
Оҕо барахсан ийэтигэр,
чугас дьонугар итэҕэйэ уерэнэн, улаатан, эдэр киhи буолан, обществоҕа киирэн,
бэйэтэ туспа сылдьа уерэнэн иhэн, биири ейдуур – биhиги обществобытыгар сурун
оруолу киhи буолбатах, киhи
дуоhунаhа, привилегиялара, билсиитэ – керсуутэ онньууллар диэн.
Бэйэбитин
керунуеҕун.
Хайа да бэйэлээх ейдеех –
тейдеех, ситиhиилэрдээх, ол гынан баран дуоhунаhа суох, билсэр – керсер дьоно
аҕыйах буоллаҕына, бу киhини ким даҕаны ылыммат, истэ сорунуо да буоллар, аанньа
ахтыбат.
Хата ол оннугар биир эмэ тойон
кэлэн (аата – суола суох, бэҕэhээ оскуоланы да бутэрбит буоллун), кэпсээн –
ипсээн, халлааны да харбыалаан бардаҕына, дьэ дьон бу киhини итэҕэйбэтэр даҕаны
истиэҕэ, аахайыаҕа. Ол
иhин биhиги наар салалтаны манаан – кэтээн тахсабыт, тугу эрэ эрэйэбит, ол
сылдьан тугу эрэйэрбитин бэйэбит даҕаны билбэппит.
Бэйэбит
ханнык идеальнай обществоҕа тардыhабытый?
Билиниэхэйин, культурабыт уерэтэринэн
биhиги киhи кыаҕыгар, айыллыбыт айылҕатыгар буолбакка, государствоҕа
(биирдиилээн государственнай органнарга дуу эбэтэр депутаттарга игин дуу
буолбатах, абстрактнай диэххэ государствоҕа) итэҕэйэбит.
Государство уларыйан,
сана салайааччы кэлэн, барыны барытын быhаарыа, сайдар инники суолбутун ыйан
кэрдэн биэриэ диэн кэтэhэбит, итэҕэйэбит.
Оннук
буолбатах дуо? Саамай хомолтолооҕо диэн баар – оннук буоларын бары билэбит,
менталитеппыт оннук дэнэбит. Ол
аата хайыыр даҕаны кыахпыт суох диэн билинэбит дуу? Ол иhин оҕолорбутун киhи
кыаҕыгар итэҕэйэргэ уерэппэппит дуу?
Мантан теруттэнэр бэйэни
сэнэнии, инники диэки буолбакка, теттеру бук туhэ сылдьыы.
Киhи киhиэхэ итэҕэйбэт буолан,
личность диэн ейдебул биhиги культурабытыгар сыаната олус намыhах, суоҕун
кэриэтэ.
Билигин биhигини салайан олорор
дьон туhунан тугу билэҕиний, тоҕо киниэхэ итэҕэйэҕин диэн боппуруостарга
эппиэттээн керуеҕун. Бу
партия, ити партия, ол оппозиция, ити оппозиция диэнтэн кэпсэтии ырааппат.
«Быыбар?
Быыбар!» сэhэннэ бэрт чуолкайдык бэлиэтэммитин курдук, былааска сиэр – майгы
туруга быhаарар оруолу оонньуохтаах. Былаас сиэрэ – майгыта билигин хайдаҕын
бары диэн сэрэйэбит.
Онно итэҕэйэбит даҕаны.
Биирдиилээн киhи сэнэриэх, итэҕэйиэх салайааччыта кеhуннэҕинэ, кинини биhиги
аhына саныыбыт, сатаан былааска улэлиэ суоҕа диэн сонньуйабыт.
Эбэтэр
бэйэбит икки ардыбытыгар сылдьар, итэҕэйэр авторитеттарбытын ааҕан керуеҕун.
Академия
духовности диэн баар уhу.
Ханна баалларый «духовнай»
авторитеттарбыт? Оҕолорбутуттан
ыйытыаҕын, бэйэбит дойдубут билигин улэлии – хамсыы сылдьар дьонноруттан кими
уонна тоҕо ордороҕун диэн.
Мин ийэм эбэтэр мин аҕам
диэтэхтэринэ баhыыба. Онон
«Тоска по доверию есть тоска по личности, потому что доверять можно только
личности» диэн психолог В.Зинченко эппит тыллара мээнэ этиллибэтэх тыллар.
Итэҕэл суох буолуутуттан теруттэммит ессе биир биhиги дойдубутун буулаабыт
ыарахан ыарыы буолар – убаастыыр итэҕэйэр дьоммут олус аҕыйахтар.
Личность диэн ейдебул сыаната
намтааhына – сана кестуу. Бу
кестуу киhи киhиэхэ итэҕэйбэтиттэн эрэ буолбакка, киhи инникигэ итэйэҕэйбэтиттэн
куускэ тутулуктанар. Урут
инникигэ итэҕэйии баар буоллаҕына, билигин оннук итэҕэл суох. Урут учугэйдик
улэлээтэхпитинэ, инники олохпут маннык учугэй буолуо, итинник сырдык буолуо диэн
дьон олоҕо син лоп – бааччы ис хоhоонноох буолара.
Ол
иhин дьон – сэргэ государство эппитинэн да буоллар, ону бэйэлэрэ талан ылбыт
курдук итэҕэйэн, биир санаанан олороллоро.
Общество
сайдыытыгар бэйэлэрин уонна атын дьон оруолун ейдуу сатыыллара.
Билигин
оннук суох. Хомойуох
иhин, бугун биhиги дьининэн куннээҕинэн олоробут.
Ол
иhин ыйытыы уескуур – оҕолорбутугар ханнык КЭЛЭР КЭСКИЛИ, хайдах бэлэмнии
сылдьабытый диэн.
Дойдубутугар олохсуйбут
политическай режимы ылан кердеххе, былаастар эмиэ инникигэ итэҕэллэрэ суох.
Биhиги былаастан тугу
эрэйэрбитин бэйэбит билбэппитин ааhан,
саамай кутталлааҕа баар – былаас бэйэтэ даҕаны билбэт, тугу ситиhиэн
баҕарарын, ханнык идеалларга сиэттэрэрин.
Баҕар урдуку былаас
тугу баҕарарын чопчу билэрэ буолуо, ол гынан баран ол кини баҕата дойду дьонун
олоҕугар сыhыана суоҕа кестер. Бэйэбит
бэйэбитин албыннаан бутуеҕун.
Биhиги дойдубут олоҕун хамсааhынын
бэйэбит итэҕэлбит быhаарар. Балаhыанньа быhатык эттэххэ олус уустук.
Путин салайар режима дьон
– сэргэ итэҕэйэр ньымаларыгар, бэрээдэктэригэр олоҕурар.
Биhиги
бэйэбит оҕолорбутун былааhы туhанарга, былаастан ирдээбэт буоларга уерэтэбит,
киhи былаас эрэ енетунэн дьаhанарын тустуубут, былааска суруннээн дьоннор тус
олохторун оностоору кэлэллэрин эппитинэн – хааммытынан билинэбит, ылынабыт, ону
утарбаппыт, былааhы таларга бутун общество улэтин, хамсааhынын тустээри
буолбакка, бэйэбит тус интэриэстэрбитин ситиhээри талабыт, киhи барахсан бэйэтин
бэйэтэ дьаhанар айылҕаттан анаммыт аналын, талар быраабын бэйэлээх бэйэбитинэн
итэҕэйбэппит, ону ылыммаппыт, эбээhинэс оностубаппыт.
Бу
итэҕэлгэ олоҕурбут бэрээдэк системаҕа кубулуйда.
Г.Адамов сэhэннэригэр ойууламмыт
общество кыhалҕаларын терде – тебете кырдьык манна сытар: барыбытын
быhаарыахтаах былаас улэтэ инники кэскилгэ тардыhыыта суох, баар да буоллаҕына
онуоха чопчу ис хоhооно суох, ол иhин «барыта санаа хоту буолбат», ол иhин Сатал
баар буолар, ол иhин Сатал Сиидэрэбис «утуе баҕа санаатынан салайар улэтин
саҕалаатар даҕаны», сотору кэлэйиэҕэ, «уеhээ салалта итэҕэлин ылбакка умсугуйан
улэлиирин тохтотуоҕа», «специалистарга сыҕайан, кинилэртэн ирдиир ордук
тоҕоостооҕун, бэйэтин санаатыгар, тойон киhиэхэ оннук септееҕун итэҕэйиэҕэ уонна
бэйэтиттэн теhе кыалларынан эппиэтинэhи атын дьонно, чаҕардарыгар –
солбуйааччыларыгар уонна отдел начаалынньыктарыгар туhэрэр буолан иhиэҕэ»... Ол
иhин система улэлиир.
Ол иhин бу системаны уларытар
уустук. Ол
иhин системаны уларытар булгуччу наадалаах.
Бу
система тердун – тебетун уларыппатахпытына, кэскилбит суох.
Системаны уларытар баҕа баар
буоллаҕына, бэйэбит ону уларытар кыахпытын билиниэхпитин эрэ наада.
Эттэххэ
кырдьык судургу.
Олоххо киллэрээри гыннахха
«оннук буолбатах», «халлааны харбыалаама» диэхтэрэ.
Киhи
киhиэхэ итэҕэйэрэ, киhи эбэтэр норуот бэйэтин талар кыаҕыгар итэҕэйэр буоларыгар
итэҕэйэрэ «халлааны харбыалааhын» буолбатах.
Дойдубутугар быыбардар
буолуохтаахтар. Быыбар
саамай сурун демократическай процедура буолар.
Итэҕэлгэ олоҕурар,
итэҕэлтэн тутулуктанар быыбар олохпут инники чопчу аҕыйах сылга сайдыытын уонна
инники кэскилбитин буттуунун тустуехтээх.
Туохха
демократия олоҕурарын уонна биhиги дойдубут салалтата демократическай диэн
ааттаан туттар ньымалара, быhаарыныылара туохха олоҕуралларын кердубут.
Тус
бэйэбит туохха итэҕэйэрбитин эрэ быhаарыныахпытын наада, онтон бэйэбитин утэйэн,
кимтэн даҕаны куттаммакка эрэ, бэйэбит эппиэтинэспитин билинэн туран, быыбардыыр
бырааппытын толору билинэн, инники келуенэ иннигэр саамай сурун эбээhинэспитинэн
буоларын ылынан, ейдеен туран, септеехтук талыах тустаахпыт.
Туохха дуу, кимиэхэ дуу
итэҕэйэн дьэ талар бырааппытын хайдах инники олохпутун тустуур гына туhанабыт
быыбар буолар кунугэр? Туохха
дуу, кимиэхэ дуу итэҕэйэн, былаас туhугар киирсии буола турар? Ыйытыахпын
баҕарыам этэ кэлэр быыбардарга кыттаары сылдьар уелээннээхтэрбититтэн, биир
дойдулаахтарбытыттан.
Элбэх норуоттаах,
национальнай республикалардаах
сурдээх ыарахан балаhыанньалаах
дойдулаах уhубут.
Онон сибээстээн дойдубут
салалтата национальнай республикаларын салалтатын бэйэтэ быhаарыах тустаах уhу.
Оннук
буоллаҕына, ол аата биhиги норуоппут олоҕун, инникитин быhаарар эппиэтинэhи кини
бэйэтигэр ылынар буоллаҕына, туох диирий кини биhиги оҕолорбут, биhиги норуоппут
кэскилин туhунан? Туох
диирин итэҕэйэн, ону ылынан, ол былааска тардыhан, кинини ейеен, быыбарга
кыттаары сылдьаҕытый?
Онтон бэйэбититтэн,
быыбардааччылартан,
ыйытыаҕын
кэскилбит туhунан.
Туох диир эбиппитий?
Кырдьык даҕаны боростуой ээ.
Демократическай
государствоҕа туох баар барыта быыбарга быhаарыллар, быыбарынан теруттэнэр.
Киhи
талар кыаҕын итэҕэйэр уонна туhанар буолан, быыбарга кыттар.
Киhи
талар кыаҕыгар, ону ааhан талар эбээhинэhигэр
итэҕэйэр буоллаҕына, дьиннээх быыбар баар буолар.
Биhиги ити кыахпытыгар
хайдах итэҕэйэбит даҕаны, ол курдук талабыт.
Хайдах
курдук талабыт даҕаны, ол курдук обществоҕа, государствоҕа олоробут.
Итинник
итэҕэл олохпут модьуйуута буолар. Ол
иhин «Хаhан итэҕэйэллэрий бу?» эрэ диэн буолбакка, «Хаhан итэҕэйэбитий
бэйэбит бэйэбитигэр бу? Хаhан
киhи айылҕаттан айыллыбыт бэйэтэ талар кыаҕыгар итэҕэйэбитий?»
диэн бэйэбититтэн ыйытыах тустаахпыт.
Адамова Зоя
|