Саха (Якутия) Якутская диаспора  
 
Sakha Open World
 
Главная страница
 
Диаспора
 
Имена
 
Угол зрения
 
Камелек
 
Идеи и практика
 
Alma Mater
 
Детская площадка
 
Изба-читальня
 
Мир в картинках
 
Творчество
 
Консультации
 
Готовим вместе
 
Эмиграция
 
Архив, карта сайта
 
Наши партнеры
 
Ссылки
 
Гранты, конкурсы
 
 

  Свяжитесь с нами

Мы всегда рады интересным материалам для публикации на нашем сайте и идеям о том, как сделать сайт лучше и интереснее:

- Электронная почта

- Гостевая книга и форум

 

Международный детский фонд "Дети Саха-Азия"

Куйаар - обсерватория культурного разнообразия.

Якутский сайт - Якутск

"Город Удачный" - виртуальное отображение жизни города Удачный и района в Интернете

  Объявления

БИЛЛЭРИИ СУРУК

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнигэр Тыл Сүбэтэ

Гуманитарнай чинчийии института

Тыл бэлиитикэтин киинэ

 

Бу дьыл ахсынньы 26 күнүгэр тылы туттуу сиэрин тупсарыыга, саха тылын култууратын үрдэтиигэ үөрэнээччи, устудьуон ыччат, учуутал, үөрэх, наука үлэһитин болҕомтотун тардар сыаллаах "Саха тылын үйэлээх үгэһэ: уруккута, билиҥҥитэ уонна кэнэҕэски кэскилэ" диэн чинчийэр, тылы сатаан туттарга туһаайыылаах кэмпириэнсийэ тэриллэр.

 

Бу кэмпириэнсийэ саха тылын култууратыгар идэтийбит, өйүн-санаатын ууран, сүрэҕин-быарын хатаан, сыралаһан үлэлиир, норуокка Саха тылын Эмчитэ диэн ааттаммыт учуонай, "Учууталлар учууталлара", "Гражданскай килбиэн", "Үтүөнү билинии" бэлиэлэрдээх М.П.Алексеев–Дапсы 70 сааһыгар ананар.

 

Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн маннык боппуруостар хабыллыа этилэр:

 

1. Саха тылын култуурата. Истилиистикэтэ.

2. Уус-уран литература тыла-өһө.

3. Хаһыат тыла.

4. Уус-уран тылбаас тыла-өһө.

5. Театрга саха тылын туттуу эйгэтин кэҥэтии, артыыс саҥатын култууратын үрдэтии (тылы сөпкө туттуу, сыыс тыла суох ыраастык саҥарыы, интонация).

6. Араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ сахалыы саҥарыы.

7. Оскуолаҕа, үөрэх тэрилтэлэригэр сахалыы эйгэни тупсарыы, күүһүрдүү, төрөөбүт тылынан үөрэтии.

8. Киһи уонна төрүт тыл.

9. Сахалыы саҥаҕа нуучча тылын туттуу сиэрэ.

 

Буолар сирэ: Дьокуускай куорат Петровскай аат. уул. 1 №-рэ, (ГЧИ) мунньахтыыр саалата.

 

Кыттыан баҕалаах дьон, сайаапкаҕытын уонна дакылааккыт тиэсиһин ахсынньы 17 күнүгэр диэри Дьокуускай куорат Петровскай аат. уул. 1 №-игэр, Тыл бэлиитикэтин киинигэр тиксэриҥ (ГЧИ 408, 413 хос). эбэтэр интэриниэт ситиминэн yazpolitic@mail.ru диэн аадырыска ыытыҥ.

 

Билсэр т: 8(4112) 36-59-49

 

Кэмпириэнсийэ үлэтэ икки тылынан барыаҕа: сахалыы уонна нууччалыы.

 

Тэрийэр хамыыһыйа.


3 декабря 2007