TӨРҮӨБҮТ
диэн тыл төрүт суолтата...
Ханнык баҕарар киһи хара төрүөҕүттэн киһи-хара буолар
төлкөтө төрүөбүт төрүт тылынан төрүттэнэр уонна төлкөтүн үрдүк түһэ
туолар. Эллэй кэлии киһи этэ, төрүт олохтоохтор тылларын билбэтэ, ол
иһин "Тыла Суох" диэн хос ааттааҕа (Пекарский, стб. 2938).
Кэлин Эллэй тыла сиэр-туом, ыһыах-той, биистэр
алтыһыыларын, атыы-эргиэн-урбаныы тыла буолта. Номохтортон биллэххэ
Эллэй уонна кини уолаттара элбэх улуустары төрүттээбиттэрэ,
олоҕу-дьаһаҕы сайыннарбыттара. Холобур, сылгы-ынах иһитин айан оҥорбут
уолун аата Санаалаах Намылҕа, атын уолун аата Үөрэкэчи. Үөрэхтээх,
суруксут уолун аата буолуоҕар сөп: Үөрэх + иччи = Үөрэхэччи.
Ким баҕарар киһи курдук сананар, күүтэр-кэтэһэр ытык
күннээх-ол төрүөбүт күн! "Төрүөбүт күн -день рождения" (Пекарский, стб.
2779). Төрөөбүт күн-бу ийэ күнэ, эйигин ийэҥ төрөппүт күнэ, онон ийэҕэр
махтанар күнүҥ буоларын умнума...
Төрүөбүт диэн тыл суолтатын өбүгэлэрбит этэн кэбиспит
этиилэриттэн аҕыйах холобурдар:
-
Ийэ курдук ийэттэн төрүөбүтүм, соҕотоҕун эрэ төрүөбүт уол, саҥа
төрүөбүт оҕо (кулунчук, ньирэй о.д.а.), төрүөбүт майгы, төрүөбүт сир
(дойду), төрүөбүт тыл, төрүөх киһилэр-грядущее поколение, төрүт дьон
төрүөхтэрэ уо.д.а. (Пекарский, стб. 184, 907, 2779, 2780, 2782,
2783).
-
Аттан-биэттэн төрүөбэтэхпит, киһи иккитэ төрүөбэт (А.Е. Кулаковский
"Научные Труды", 1979, стр. 115, 134).
Норуот төрүөбүт тыллаах буоллаҕына тутайбат, тупсар-туругурар
төлкөлөөх, сайдар-үүнэр кэскиллээх. Иккис-үһүс атын омук тылларын
үөрэтэн, тыл тууһун-туматын, мүөтүн-сүмэтин, тамах-кэтэх,
кубулҕат-дьибилгэт суолтатын билии уһун кэми эрэйэр...
Төрүөбүт тылбытын сөпкө саҥара-суруйа үөрэнэн Соргубутун
көтөҕүнүөххэйиҥ! Оннук буолар ини. Улахан, оҥоруу, Дьылҕа, Төлкө
баарыгар итэҕэйэбит.
Дом эрэ Доом...
Бары үтүөнү, соргуну кытта, Прокопий Уран, Фэйрфакс, 2012 с.
|