МЭТИРИЭТТЭР
Вилена (Франция)
Kэрэ эрэ кыылы бултаан ини! Tиктибит
саҥыйа5ы эрэ кэтэн ини!
Kэрэтийэн эрэ ылла, кэрэмэс бэйэлээх - кэрэ
дьахтар ини!
"Күлүбүрдэс эрэ дьүhүҥҥүн ини! Күлүмнээн эрэ көрөргүн ини!
Күннээҕэр эрэ күндүтүк ини! Көрөбүн эрэ, көмүhүөм ини!"
Xара эрэ
саарба саҕалаах ини! Xарыаннаах эрэ симэхтээх ини! Кыһыл эрэ көмүс
көлөскөлөөх ини!
Кыһыл
эрэ көмүс ытарҕалаах ини! Ытык эрэ мааны ытыктабыллаахтарa ини!
Сууланара эрэ кырса ини! Kиэркэйэрэ эрэ көмүс ини! Kүлүмүрдүүрэ эрэ
аламаас ини!
Талба эрэ Xотуннара ини!
Хаарыс-һокко
эрэ хассыаттаах ини! Хайырҕастаах эрэ ытарҕалаах ини!
Хаҥырҕастаах
эрэ симэхтээх ини! Таптыырын эрэ таптыыр ини! Бэйэлээхтэр эрэ бэттэрэ
ини!
Остуоруйаларга эрэ кэпсэммит ини! Олоҥхолорго эрэ тойуоллубут ини!
Cулустарга эрэ тэҥнэспит ини! Kыталык эрэ курдук кынталдьыйан ини! Kыыс
Kyo эрэ кылааннаахтара ини!
Вилена (Франция)
|