Һыт-Тыа кэм.
Ҥ-хыа дорҕооннор
Акварели, уголь черный и серый карандаш
Былыт ыгар. Чыычаахтар чыыбырҕаһан
уурайдылар. Харамайдар, үөннэр, лыахтар, хомурдуостар үрүө-тараа
сырыстылар, саһар сир көрдөннүлэр.
Арҕаа өттүттэн халлаан хара хаппах
былытынан бүрүлүннэ. Хойуу бырдах сытыытыйа түстэ. Күөллэргэ,
көлүйэлэргэ баҕа саҥата күргүөмнээтэ. Ыпсары ыгыллыбыт салгыҥҥа эмискэ
этиҥ эттэ, чаҕылхан чаҕылыйда. Бастакы таммах, иккис таммах ардах буолан
сири дойдуну илитэн инчэппитинэн барда. Аппаһан сыппыт ачалар, суол
омуһахтара ууннан туолан таһынан баран, түргэн үрүйэ сүүрээнинии бэлдьиэ
сүүрүстүлэр. Этиҥ күүскэ күргүйдээн, дойду ньуурун ньиргитэн күөнтээн
кэбистэ. Арай тохтуу түһээт, уоскуйан барда. Үүнээйигэ, буорга иҥэрдии
саккыраата. Дьэ!
Күөхтүүр сайын ардаҕа өр буолбата,
сотору буолаат уурайда. Чыыбырҕаспыт чыычаахтар талах быһыыттан
“чыып-чаап” дэспитинэн бардылар. Халлаан хаҥас өттүттэн халла түстэ. Сир
быртаҕыттан ороостон тахсыбыт үөн-көйүүр кыймаҥнас өттө, инчэҕэй сиргэ
тэлгэччи ыһыллыбыт. Куйаас икки ардах сыдьаайыттан сиргэ түспүт уу
туман-былыт буолан салгыҥҥа сайҕанна, сиик буолан көттө. Этиҥнээх ардах
өлгөм уутуттан тыынар эрэ тыыннаахпын дьиэбит тиллэ биэрдэ. От-үүнээйи
күөҕүнэн көрдө, үөрбүччэ тугу эрэ сипсиcтэ, өрөкүйэ түстэ. Өҥнөөх кустук
сыыр үрдүттэн үүнэн тахсан халлааҥҥа күөгэльдийэн киэркэйдэ. Күн таҥара
тыкта, мичээрдээн ылла – оҕолорун саһархай алтан тимэхтэри кырдалларга
бытарыччы ысталаата. Сайыҥҥы куйаас оргуйда.
Кымыс дыргыныы кыынньар, дьэдьэн уга
кытарчы буһар кэмэ үүннэ. Күөхтүүр “ҥ-ха” дорҕооннор сиргэ тарҕаннылар,
һөҕүҥ аҕай дьиэбиттии тойон тойук “һыт-тыа” тойугу дьиэрэттэ, сири
дойдуну абылаата, алгыс кынан таһаарда. Дойду иччитэ манньыйда, толору
дэлэй илиитинэн бэристэ. Орто дойдуга өлгөм туругурда.
Киэһээ кэлиитэ куйаас намтаан, сөрүүн
тыаллаах салгыҥҥа, бырдахтар “биһиги эмиэ үөрдүбүт ахай” диэбиттии
тиллэн кэлэн эмиэ иллэҥэ суох биир кэм дыыгынастылар.
Киэһэрэн эрэр халлаан кэтэҕириин
өттүгэр аал уоттуу кытаран, былыт тобоҕо хоту диэки устан бара турда.
Сарсын эмиэ ҥ-хыа куйаас күн.
Вилена Ороһуттан
Тулон, Франция. Бэс ыйа,
2013 сыл.
PDF, 1 МБ
|